Сүрүн матырыйаалларга көс

Кэлэр өттүгэр олохпут хайдах буолуой?

Кэлэр өттүгэр олохпут хайдах буолуой?

Аан дойду...

  • тупсуо?

  • мөлтүө?

  • уларыйыа суоҕа?

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ

«Таҥара... харахтарын уутун хас биирдии таммаҕын сотуоҕа, өлүү-сүтүү диэн аны суох буоуоҕа; энэлгэн, ытабыл-соҥобул, ыарыы эмиэ сүтүөҕэ. Урукку барыта ааста» (Арыллыы 21:3, 4, Саҥа Кэс Тыл).

ЭҺИЭХЭ ОЛ ТУОХ СУОЛТАЛААҔА БУОЛУОЙ

Таһаарыылаах уонна үөрүүнү аҕалар үлэ (Исаия 65:21—23).

Ыарыылар, эрэйи-муҥу көрүү аны суох буолуо (Исаия 25:8; 33:24).

Аймахтары уонна доҕоттору кытта үйэлэр тухары дьоллоох олох (Псалом 36:11, 29).

БИБЛИЯ ЭТЭРИН ИТЭҔЭЙИЭХХЭ СӨП ДУО?

Сөп. Ону итэҕэйэргэ кырата икки биричиинэ баар:

  • Таҥара эрэннэрбитин толорор кыахтаах. Библия Иегова эрэ Таҥараны «Барытын Тутан Олорооччу» диэн ааттыыр (Арыллыы 15:3). Тоҕо диэтэххэ кини муҥура суох күүстээх. Ол аата кини аан дойдуну үчүгэй өттүгэр уларытыам диэн эрэннэрбитин толорор кыахтаах. Библия этэринэн «Таҥараҕа туох барыта кыаллар» (Матфей 19:26).

  • Таҥара эрэннэрбитин толорор баҕалаах. Холобур, Иегова өлбүттэри тилиннэриэн олус баҕарар. Библия этэринэн, кини өлбүттэри ахтар (Иов 14:14, 15).

    Ону таһынан, Библияҕа сурулларынан, Таҥара Уола Иисус Христос дьоннору үтүөрдэр этэ. Кини баҕарбата буоллар, ол дьоҥҥо көмөлөһүө этэ дуо? (Марк 1:40, 41). Иисус Аҕатын курдук кыамматтарга көмөлөһөр баҕалааҕа (Иоанн 14:9).

    Иегова уонна Иисус биһиэхэ кэлэр өттүгэр дьоллоох олоҕу бэлэхтиир баҕалаахтарын саарбаҕалаамыахпытын сөп! (Псалом 71:12—14; 144:16; 2 Петр 3:9).

ТОЛКУЙДААН КӨРҮҤ

Таҥара олох усулуобуйатын хайдах тупсарыай?

Библия бу ыйытыыга МАТФЕЙ 6:9, 10 уонна ДАНИИЛ 2:44 көмөтүнэн хоруйдуур.