Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

6 БАҺА

Оҕо төрөөһүнэ дьиэ кэргэн олоҕор хайдах дьайарый

Оҕо төрөөһүнэ дьиэ кэргэн олоҕор хайдах дьайарый

«Оҕо — Айыы Тойон аныыр бэлэҕэ» (Саалтыыр 126:3).

Үгүс кэргэнниилэргэ оҕолонноллоро элбэх үөрүүнү ону кытта долгуйууну аҕалар. Төрөппүттэргэ, кыра оҕону көрүүгэ-истиигэ элбэх бириэмэ уонна сыра барара, соһуччу буолуон сөп. Ууларын хамматтарыттан уонна күчүмэҕэй быһыыттан-майгыттан, кинилэр сыһыаннара мөлтүөн сөп. Дьиэ кэргэҥҥит олоҕун саҥа быһыытыгар, оҕону көрүүгэ-истиигэ, ону тэҥэ бэйэҕит икки ардыгытыгар истиҥ сыһыаны сүтэрбэт гына үөрэниэхтээххит. Үөскээбит кыһалҕалары туоруурга Библия сүбэлэрэ эһиэхэ хайдах көмөлөһүөхтэрэй?

1 ОҔО ТӨРӨӨҺҮНЭ ТУОХ УЛАРЫЙЫЫЛАРЫ АҔАЛАРЫЙ

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Таптал тулуурдаах, амарах санаалаах». Ону таһынан, «таптал ордугурҕаабат, таптал арбаммат» (1 Коринфяннарга 13:4, 5). Биллэн турар, эдэр ийэ өйө-санаата барыта оҕотун эрэ туһунан буолар. Ол иһин, эрэ бэйэтин умнуллубут курдук сананыан сөп. Онон кини эмиэ болҕомтоҕо наадыйарын, ойоҕо умнуо суохтаах. Эрэ оҕону көрөргө улахан көмөлөөх. Кини олус сыаналаах буоларын, ойоҕо бэйэтин тулуурунан уонна эйэҕэс сыһыанынан көрдөрүөхтээх.

«Ол курдук эһиги эр дьон эмиэ, кэргэттэргит уйаннарын өйдөөн туран, кинилэргэ үтүөтүк сыһыаннаһыҥ» (1 Петр 3:7). Эрэ ойоҕун күүһэ-сэниэтэ үксүн оҕоҕо барарын өйдүөхтээх. Оннук саҥа эбээһинэстэртэн ойоҕо мэлдьи түбүгүрүүгэ сылдьан, сэниэтэ баранан депрессияҕа киириэн сөп. Онтон сылтаан, ардыгар эригэр кыыһыран туруон сөп, ол эрээри эрэ холкутун ыһыктыа суохтаах, тоҕо диэтэххэ «кыыһырарга бытаан, күүстээҕэр ордук үчүгэй» (Притчи 16:32). Мындырдык быһыыланыҥ, уонна ойоххутугар өйөбүл буолуҥ (Притчи 14:29).

ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР

  • Аҕаларга. Оҕону көрөргө- истэргэ ойоххутугар түүнүн эмиэ көмөлөһүҥ. Атын дьарыктартан соло булан, ойоххутун уонна оҕоҕутун кытта, төһө кыалларынан элбэх бириэмэни атаара сатааҥ

  • Ийэлэргэ. Оҕо көрүүтүгэр, эргит көмөлөһүөн баҕардаҕына туоратымаҥ. Өскөтүн кини тугу эмит эһиги баҕаҕыт хоту оҥорботоҕуна сыыһатын була сатаамаҥ, ол оннугар сымнаҕастык хайдах сөпкө буолуохтааҕын көрдөрөн биэриҥ

2 БЭЙЭ-БЭЙЭҔИТИГЭР СЫҺЫАҤҤЫТЫН БӨҔӨРГӨТҮҤ

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Киһи ийэлээх аҕатын хаалларан ойоҕор холбоһуо, оччоҕо иккиэн биир эт-хаан буолуохтара» (Матфей 19:5). Төһө да оҕоломмуккут үрдүнэн, кэргэҥҥитин кытта биир эт-сиин буоларгытын умнумаҥ. Онон, бэйэ икки ардыгытыгар сыһыаҥҥытын төһө кыалларынан кытаатыннара сатааҥ.

Ойохтор, эрдэргитигэр көмө уонна өйөбүл буолалларын иһин махтаныҥ. Эһиги махтал тылларгыт, холобурдаан эттэххэ, үтүөрдэр кыахтаахтар (Притчи 12:18). Эрдэр, ойохторгутугар таптыыргытын, ытыктыыргытын биллэриҥ. Кинилэри дьиэ кэргэҥҥэ кыһамньыларын иһин хайҕааҥ (Притчи 31:10, 28).

«Ханнык баҕарар киһи бэйэтигэр эрэ туһалаахха буолбакка, атын киһиэхэ туһалаахха дьулуһуохтаах» (1 Коринфяннарга 10:24). Олоххут аргыһын баҕа санаатын, куруутун өйдүү сылдьыҥ. Иккиэн бииргэ олорон кэпсэтэргэ бириэмэтэ аттарыныҥ, бэйэ-бэйэҕитин болҕомтолоохтук истиҥ уонна хайҕааҥ. Истиҥ сыһыаҥҥытыгар, бэйэҕит эрэ баҕаҕытын ситиһэ сатаамаҥ. Кэргэҥҥит баҕатын эмиэ аахсыахтааххыт. Библияҕа этиллэр: «Бэйэ-бэйэҕититтэн куотунумаҥ, арай иккиэн сүбэлэһэн баран... туттунар буолуҥ» (1 Коринфяннарга 7:3—5). Ол иһин ити туһунан, бэйэ икки ардыгытыгар аһаҕастык ырытыһыҥ. Эһиги тулуурдаах, бэйэ-бэйэҕитин өйдөһөр буоллаххытына, сыһыаҥҥыт биллэ тупсуо.

ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР

  • Иккиэн бэйэҕит эрэ соҕотохтуу хааларгыт улахан суолталааҕын өйдөөҥ

  • Бэрт кыра бэлэхтэр тустарынан умнумаҥ, холобур, сылаас тыллаах открытка, СМС-сурук эбэтэр атын кыракый бэлэх. Ити барыта олоҕун аргыһыгар, эн кинини күүскэ таптыыргын санатыахтара

3 ОҔОҔУТУН КЫРА ЭРДЭҔИТТЭН ҮӨРЭТИҤ

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Христос Иисуска итэҕэлгинэн быыһанаргар эйиэхэ муудараһы иҥэрэн эркээйи буолар кыахтаах Сибэтиэй Суруйуулары эн өссө оҕо эрдэххиттэн билэҕин» (2 Тимофейга 3:15). Кыра оҕоҕутун хайдах иитэргитин уонна үөрэтэргитин эрдэттэн толкуйдааҥ. Оҕо төрүөн инниттэн үөрэҕи ылынар дьикти дьоҕурдаах. Өссө ийэтин иһигэр сылдьан, эһиги саҥаҕытын араара үөрэнэр, үөрүүгүтүн-долгуйуугутун сэрэйэн хардарар. Киниэхэ саҥа төрүөҕүттэн ыла ааҕар буолуҥ. Төһө даҕаны ааҕар тылларгытын өйдөөбөтөр, улаатан истэҕин аайы ааҕыыны таптыы үөрэниэҕэ.

Оҕоҕутугар төрүөҕүттэн, Таҥара туһунан кэпсиир буолуҥ. Эһиги Иеговаҕа хайдах үҥэргитин иһиттин (Второзаконие 11:19). Кинилиин оонньуу да сылдьан Таҥара тугу айбытын туһунан кэпсээҥ (Саалтыыр 77:3, 4). Улаатан истэҕин аайы, эһиги Иеговаҕа тапталгытын көрөн, оҕоҕут эмиэ кинини таптыырга үөрэниэҕэ.

ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР

  • Оҕо иитээһинигэр наадалаах дириҥ өйү үҥэн Таҥараттан көрдөһүҥ

  • Бастакы тыллары уонна сүрүн билиилэри оҕоҕутугар хатылааһын көмөтүнэн үөрэтиҥ. Оннук гынан кини кыра сааһыттан үөрэниэ