111 ЫРЫА
Үөрэргэ сылтах баар
-
1. Биһиэхэ үөрэргэ сылтах баар,
Күндүттэн күндү баай курдук.
Айыы Тойон таптыыр норуота
Үгүс омуктан кэлбиттэр.
Сүрэхпит үөрүүтүн төрүөтэ —
Ол Таҥара биэрбит Тыла.
Дириҥ силистээх дьиҥ кырдьыга
Итэҕэлбитин күүһүрдэр.
Үөрүүбүт-көтүүбүт аччаабат,
Уоттуу сүрэххэ умайар.
Муҥу-эрэйи тулуйарга
Таҥарабыт күүс-уох биэрэр.
ХОС ЫРЫАТА
Үөрүүбүт — Иегова Аҕа,
Тугу айбыта дуоһутар.
Олус да дириҥ өйө-санаата,
Модун да күүһэ-күдэҕэ!
-
2. Көрүҥ сөҕүмэр айылҕаны,
Сири, халлааны, муораны.
Аһаҕас кинигэҕэ курдук
Айааччы илиитэ көстөр.
Билиибитин дьоҥҥо кэпсиибит
Үтүө сураҕы үллэстэн.
Аҕа биэрэр бүппэт алгыһын
Сир үрдүнэн биллэрэбит.
Үйэлээх олох чугаһаабыт,
Күн түүнү солбуйар курдук.
Саҥа сир, саҥа халлаан кэлиэ,
Дьиҥнээх үөрүү олохтонуо.
ХОС ЫРЫАТА
Үөрүүбүт — Иегова Аҕа,
Тугу айбыта дуоһутар.
Олус да дириҥ өйө-санаата,
Модун да күүһэ-күдэҕэ!
(Ону таһынан Втор. 16:15; Ис. 12:6; Иоанн 15:11 көрүҥ.)